Коллекция — дьикти дьарык.
Бэс ыйын 8 кунугэр хоп курдук хомуллан сарсыарда эрдэ туран Республикабыт араас муннугуттан Өксөкүлээх Өлөксөй Киинигэр тоҕуорустубут. Бастаан хомунуу, тэрээьин буолла: съезкэ сылдьа үөрэммиттэр улгум бэйэлээхтик коллекцияларын остуолга наардаан
тардан бутэрэн кэбистилэр. Быйылгы сылбыт Россия5а Дьиэ кэргэн сыла, Саха сиригэр О5о саас сыла биллэриллэн турар. Съезд тэрийээччилэрэ Надежда Усова, Андрей Шилов Коллекционердарга олох эрдэттэн эмиэ бу тосхолу тутуһалларыгар ыйбыттара. Съезд кыттыылаахтара 2 этээһинэн толору турдулар. Туох туох суо5ай манна?Араас кыра оонньуур иһиттэн саҕалаан диафильм киинэтигэр тиийэ, бу кыракый кинигэлэр, значок арааһа, уруучукалар,хаҥкылар чахчы дьоллоох оҕо саас кэмин санатар…бэл диэтэр Мэҥэ-Хацаластан сылдьар Елизавета Прокопьевна дьэдьэн обраһын толору биэрбитэ киһини сөхтөрөр: сэлээппэтиттэн саҕалаан туох баар иһитэ-хомуоһа барыта дьэдьэн ойуулаах, бэл саха поэттара,суруйааччылара минньигэс амтаннаах дьэдьэммитин хоһуйбуттар да эбит. Дьэ манна баар буолла араас атастаһыы,мэнэйдэһии, атыылааһын.Съезд биир уратытынан Уус Алдан «Умсулҕаннар» 30 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээһин буолла, салайааччы Станислав Николаевич Луковцев. Коллекционердартан саамай актыыбынай позициялаах Монастырева Надежда Васильевна эрдэ Почтамца улэлии сылдьан туттубут «Морза»аппараата оонньуур быьыытынан атыыламмытын атыылаьан үөрдэ-көттө. Значоктаахтар даҕаны кыра-бытархай значоктарын сыа-сым курдук ууруннулар. Түмүккэ биьиги коллекционердарбыт «Өттүк харалаах, илии тутуурдаах» барар чиэскэ тигистибит: ол курдук «Маарыкчааны»төрүттээбит биир тарбахха баттанар убаастыыр,ытыктыыр коллекционербыт Попов Иван Николаевич аата бастыҥнар кэккэлэригэр ааттанна, Урүҥ көмүс бэлиэни тутта. Салҕыы Дьячковская Анастасия Ионовна,Дьячковская Марфа Николаевна,Монастырева Надежда Васильевна,Захарова Надежда Николаевна,Федорова Раиса Андреевна, Иванов Семен Семенович, Федорова Дария Егоровна, Андреева Екатерина Гаврильевна уонна Никитина Мотрена Семеновна туһааннаах дипломунан наҕараадаланан үөрүүбүт үксээтэ. Инникитин да өссө киэҥ былааннаахтык улэлиир баҕалаах тарҕастыбыт.Доҕотторбутугар «Аныгыс көрсүөххэ диэри» дэьэн тар5астыбыт.