Муниципальное бюджетное учреждение

Школа-интернатская библиотека ф.№ 18

РС(Якутия), Чурапчинский улус, 678700 с.Чурапча

Дьуона Оҕонньор кыыһа Настаа.

(Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

    Мин бүгүн Эһиэхэ кэпсиэхпин баҕарабын: үтүөкэн майгылаах, Далбар хотуну,  элбэх сиэн эбээтин Дьячковская Анастасия Ионовнаны,  күндү ааҕааччым Эн кинини чуумпуран олорон сэргээ, таптаа, до5ор оҥоһун…

     Кини оҕо сааһа айгыр-силик айылҕалаах, аҥаат-муҥаат алаастардаах, сибэккинэн симэммит Мэлдьэхси сиригэр ааспыта. Төрөппүттэрэ олус кырдьаҕастара,  аҕалара хаһан да оҕолору мөхпөтө, аһыныгас-амарах сүрэхтээҕэ. Айылҕаттан бэриһиннэрбит биир дьарыктааҕа, ол курдук  дьоҥҥо көмөлөһөн илбийэрэ, түөннүүрэ. «Оо, Дьуона о5онньор инньэ диэбит”, «Оо, Дьуона оҕонньор манна диэбит»диэн үөлээннээхтэрэ, аймахтара сүрдээх истиҥ тылынан билиҥҥэ дылы уос номоҕо гынан  кэпсииллэр. Оҕонньор дьарыгыран туран балыктыыра, үөлүллүбүт  соболоро, мундулара хаһан да бүппэт этэ. Ыалдьыт, хоноһо тиһигин быспакка сылдьар ыала этэ.  Ийэтигэр көмөлөһөн балтынаан илии-атах буолаллара. Сэттэ сааһыгар Мэлдьэхси начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ааҕар буолаатын кытта үөрэҕэ суох дьоно кинигэ, хаһыат аахтаран истэллэрэ.  “Эдэр коммунист”, “Кыым”, “Саҥа олох” хаһыаттары бүтэһик страницаларыгар тиийэ аахтараллара. Саха суруйааччыларын кинигэлэрин киэһээ хойукка дылы чүмэчинэн уонна көмүлүөк оһох сырдыгар аахтаралларын сөбүлүүллэрэ. Инньэ гынан оҕолорун кинигэни ааҕарга, таптыырга үөрэппиттэрэ.

     Анастасия Ионовна 1973 сыллаахха Дириҥ орто оскуолатын бүтэрэн баран “Оскуола-производство-ВУЗ» ыҥырыытынан Мэлдьэхси ферматыгар үлэлии тахсыбыта. Ферма кэнниттэн Чурапчы РАЙПОтугар остолобуойга улэлии киирбитэ. Дьокуускайдааҕы Кооперативнай техникумҥа үөрэнэн «Техник-технолог общественного питания « диэн идэни ылбыта. Барыта онно 17 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Үлэлиир  кэмигэр  Коммунистическай Үлэ ударнига, 1979 сыллаахха “Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа” диэн знагы ылбыта. Мурун-Тыымпыйаҕа дьиэ атыылаһан көһөн кэлбиттэрэ, онтон ыла «Кыталык»детсадка 20 сыл минньигэс астаах поварынан үлэлээбитэ.

     Аҕатыттан бэриһиннэрбит дьарыга — илбийэн, түөннээн дьоҥҥо көмөлөһөр, кыһалҕалаах дьоҥҥо хаһан да аккаастаабат. Бэйэтин кыаҕынан, сүбэтинэн-аматынан абырыыр. Уопсайынан, Дьячковскайдар ыал кинигэни-хаһыаты элбэҕи ааҕан сэргэхтик олорор ыал. Кыыстара улаатан элбэх сиэн эбээтэ, эһээтэ буолан олороллор.  2021 сыл «Өркөн өй”оонньууга кыттан боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дьэ уонна “Кинигэ баар-дьоһун оскуола, сыаналаах кылаат” Саха литературатын төрүттэспит убайдарбытыттан биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев олус да бэргэнник эппитин сөҕө эрэ саныыгын. Анастасия Ионовна “билигин библиотекабар  араас эгэлгэ кинигэлэр бааллар: ол курдук медицина, техника, тыа хаһаайыстыбата, спорт уонна нуучча,  саха классиктарын кинигэтэ, справочниктар, энциклопедиялар.  Бу барыта о5олорго, сиэннэргэ хаалларар баайым уонна бу сыаната биллибэт Коллекциям баар. Ол курдук хаһан эрэ 8-Мартаҕа кэргэним оҕуруо бэлэхтээбитэ ол кунтэн ыла бу араас таастаах оҕуруолары мунньабын”диэн кэпсээнин түмүктүүр.

     Сайынын хаппыыста, оҕуруот аһын дэлэйдик үүннэрэр, аймахтары хааччыйар. Ордук сөбүлээн декоративнай яблоня олордон тарҕатар, атыылыыр.  Сайынын эбээлэригэр, эһээлэригэр элбэх сиэннэрэ сайылыыллар. Эбээлэрин дьаһалынан оҕуруоту көрөргө-истэргэ көмөлөһөллөр, элбэххэ үөрэнэллэр.  Бу курдук элбэҕи билэн-көрөн үлэҕэ үөрэнэллэр, бириэмэлэрин сөпкө туһаналлар,  күһүнүн үлэлэрин түмүгүн көрөн астыналлар.  Бу буоллаҕа  дии Эбээ мындыр оскуолата, үлэҕэ уһуйуута, сүбэтэ-амата.

                                        Октябрина Окорокова.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *