Муниципальное бюджетное учреждение

Школа-интернатская библиотека ф.№ 18

РС(Якутия), Чурапчинский улус, 678700 с.Чурапча

Кинилэр ааттара Кыһыл бөрүөнэн суруллар…

(Улуу Кыайыы 80 с. сыллаах даататыгар ананар)

1943 с. А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Кыһыл сулус орден кавалера, 1962 с. Кытай, Корея путевкатынан наҕаарадаламмыта.

Төрөөбүт күнүн көрсө аҕатын олоҕуттан билигин кыыһа Анна Петровна Спирдонова Дмитрий Петрович Коркин аатынан спортивнай Музей научнай сотруднига, РФ үөрэҕириитин туйгуна Саха Республикатын үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана, Саха Республикатын Учууталлар учууталлара бэлиэ хаһаайката Саха Республикатын спордун ветерана, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо кэпсээнин истиэххэ:

«Мин Аҕам Петров Егорович Спиридонов (1925-1990 с.) Чурапчы, Кытаанах нэһилиэгэр орто ыалга күн сирин көрбүтэ. Аҕата эрдэ өлбүтэ. Ийэтэ, Анна Иннокентьевна, улуу Мытыйыкы орто кыыһа, икки уолун иитэн киһи оҥортоон олоххо үктэннэрбитэ. 1957 с. Хатылы 7 кылаастаах оскуолатыгар үлэлии сырыттаҕына аҕабын, РОНО бирикээһинэн атырдьах ыйын 26 күнуттэн саҥа аһыллар Интернат оскуолаҕа старшай воспитателинэн аныыллар. ЧПУ базатыгар аһыллар.

Саҥа аһыллар Интернат оскуола 4 кылаастаах, 125 оҕолоох. Барыта саҥанан хааччылыахтаах. Ити кэмҥэ училище урукку директора Филиппов Д.Ф. директорынан, завхоз Чепалов И.И.буолбуттара. Тута куоракка оҕолор таҥастарын, ороннорун буллара уһун командировкаҕа барбыта. Оччолорго уолаттарга фуражкалаах, алтан курдаах сиэрэй көстүүм, кыргыттарга коричневай платье, үрүҥ, хара фартук, барыларыгар атах таҥаһа, куһуҥҥү, кыһыҥҥы сон булуллуохтааҕа. Итилэри барытын Якутторг ыскылаатыттан нэрээттээн «Холбос» уҥуор биэрэрэ, үбүн төлүүрэ. Орон, аһыыр иһит, паарта, тумба барыта саҥа булуллуохтааҕа. Интернакка ЧПУну бүтэрбит, Аҕа дойду сэриитин ааспыт дьон саҕалаабыттара. Ол иһин патриотическай иитии күүстээҕэ, Макаренко методынан үлэ барбыта.

Бу этиллибити барытын булан балаҕан ыйын 26 күнүгэр оскуола аһыллыбыта. Тоҕустуу массыына табаары өрүс уҥуор үстэ куруустаан, туоратан бырахтарара. Манна улахан күүс-көмө Илья Ильич буолбута. Корпустар оһоҕунан оттуллар этилэр. Саас мас үлэтэ буолара 3-4 кл. эрбииллэр, 2 кл. саһаанныыллар, 1-кы мутук чөмөхтүүллэр. Сатыы сылдьан үлэлииллэрэ, 2 сомуорскай хара оҕустарга ас, тэрил, үтэ тиэйиллэрэ. Көр-нар бөҕө буолара, нуорманы толороору дьулуһуу. Иитээччилэр, учууталлар, техүлэһиттэр бары тахсаллара.

1957-1963 с.диэри улэлээбитэ. Бу кэмнэри ииппит оҕолорун ахтыыларыттан билсиэҕиҥ:

П.Спирдонов: 125 оҕо Интернат оскуолаҕа үөрэнэр. 17 учуутал, иитээччи, 20 техүлэһит үлэлиир. Оҕолор 10 хоһунан олороллор. Орон таҥаһа 3 төгүл уларыйар, аналлаах гардеробтар, тумбалар бааллар. Корпустан көһө сылдьар вымпеллээх Соцкүрэхтэһии тэриллэр. Үөрэх тээбиринэ, ас-таҥас барытын государство босхо хааччыйар.

Аманатова С.Е.: Петр Егорович Кытайга баран кэлбитэ. Оччолорго Кытай диэн ыраах да ыраах курдук саныырбыт. Петр Егорович Кытай дьоно хайдах курдук үлэһиттэрин, боростуойдарын кэпсээбитэ. Дьахталлара араас былааччыйаны кэппэттэр. Тымныыга бамыһыай ыстааннаах көстүүм үһү. Кытай аатырар Истиэнэтин, Корея Ченлимо диэн көтөн иһэр атын кэпсээбитэ.

Артемьев В.А.:Ол кэмҥэ лаампа уота диэн суоҕа, чүмэчи сырдыгар дьарыктанарбыт. Ииттээччибит сотору кэминэн Ильич уота биһиэхэ да кэлиэ, оччоҕо оннооҕор утары истиэнэҕэ олорор сахсырҕаны бэлиэтии көрүөххүт диэн кэпсиирин сөҕө-махтайа кулгаахпыт муҥунан истэрбит. Күөх Маай уонна Улуу Өктөөп чиэһигэр ыытыллар бырааһынньыктарга Петр Егорович үөрэнээччилэрэ куруук инники сылдьарбыт. Аҕа саастаах көлүөнэ дьоно астына көрөллөрө уонна туһалаах дьон тахсан эрэр эбиттэр диэн сөҕөллөрө.

Васильева А.И.:Саҥа таҥас, иһит-хомуос, мал-сал этэ. Кыра буолан хантан кэлбитин билбэт этибит. Кэлин билбиппит: старшай воспитателбит Петр Егорович, завхоз Илья Ильич, кастелянша Спирдонова М.Т. элбэхтэ сүүрбүттэр-көппуттэр.

Иустинов Н.:Петр Егорович миигин орто үөрэххэ киллэрбитин олус махтана саныыбын.

Колесов Н.Н.:Петр Егорович фотокружогу ыытара. Оҕоҕо эйэҕэс, элбэх кэпсээннээх, балалайкаҕа үчүгэйдик оонньуура. Баттаҕын кэннигэр ньалҕаарыччы тарааммыт, үрдүк сүүстээх, уһун синньигэс сирэйдээх үрдүк уҥуохтаах, көбүс көнөтүк туттан-хаптан сылдьар, сэҥийэтигэр куруук мичээр олорбут киһи этэ. Баттахпытын машинканан кырыйан сырылатара. Биирдэ мин баттахпын кырыйа туран, хараҕар баттах ыстаммытыгар: «Коля, баттаҕын кытаанах баҕайы эбит. Кэлин улааттаххына үлэһит киһи буолсугун»-диэбитин үөрэ истибитим.

Осипов П.Д.:Ииттээччибитин өйдүүбүн. Кини биирдэ, мин санаатахпына, куул аҥара остуол тенниһин шаригын, ракеткалары аҕалбыта. Биьиги үөрүү бөҕө, остуолбут баар этэ. Оччолорго араас сылларга үлэлээн ааспыт учууталлартан И.А.Антипины, П.Е.Барахсановы, М.С.Листикованы, А.М.Ермолаеваны уонна Петр Егоровиһы үчүгэйдик саныыбын, махтанабын. Остолобуойбутугар аһыы олорор оҕолору, фрукта уруһуйдаммыт хартыыналарын Петр Егорович уонна Иван Андреевич Антипин оҥороллоро.

Пудов Е.В.:Талааннаах педагог, Аҕа дойду улуу сэриитин актыыбынай кыттыылааҕа, офицер Петр Егорович Интернат оҕолоругар фотокуруһуогу үлэлэппитэ, манна үгүс оҕо дьарыктаммыта. Бэрээдэк байыаннай буолара. Стройунан остолобуойга, оскуолаҕа барарбыт. Ороннорбут кырыылаах, сыттыкпыт биир эрээт буолара.

Федоров З.И.:Иитээччибит хаартыска түһэрэргэ элбэх оҕону үөрэппитэ. Ефремов Мэхээччэ, Попова Нюта, Яковлева Маша — бу оҕолор олохторугар хаартысканан дьарыктаммыттара.

Ефремов М.Д.:Мин фото куруһуогар дьарыктаммытым. Бырааһынньыктары, бэлиэ түгэни хаартыскаҕа түһэрбиппит. Билигин Оскуола кинигэтигэр баарыттан астынабын.

Карпов В.П.:Сэрии ветерана, бойобуой уордьанн.аах иитээччибит Петр Егорович туһунан үөрэтэр ньымалардаах, оҕолору бэйэтигэр тардар, улаханнык ытыктыыр ииттээччибит этэ. Кини сэрииттэн аҕалбыт, мэктиэтигэр Чурапчы күөлүн уҥуоргу өттүгэр тиийиэх айылаах сытыы уотунан быһа курбуулуур немецкай трофейнай банаарыгар ымсыыран биэрэрбит! Бэйэбит бокуойа суох тутааҕын туппахтаатахха «жык-жык-жык» тыаһаан, атахпыт эрэ иннин сырдатар мөлтөх уоттаах-күөстээх аҕыйах банааардаах этибит. Якутскайга Юннатскай станцияҕа Калачев Петялыын киирбиппит. Петр Егорович куораттан таһаарда. Арай иннибитигэр массыына хорус гынна да Петр Егорович «Уолаттар бардыбыт»-диэн Речпортка киирдибит. Массыынаны бас билэр киһи эбит диэн наһаа сөхтүбүт этэ, такси буоларын хантан билиэхпитий?!! Өрүһү трамвайынан туораан Бэстээххэ автобуска сүүрүү, үлтү сахсыллан айаннааһын. Умнуллубат оҕо саас түгэннэрэ…

Попова А.:Петр Егорович кыргыттары нарын, кэрэ, чэнчис буоларга, оттон уолаттары рыцардыы хаачыстыбаларга уһуйара. Машалыын иккиэ буолан фотонан дьарыктаммыппыт олохпор биир дьарыгым буолла.

Малышев В.К.:Биһиги кылаас оҕолорун оскуолаттан быһаччы атаарбыт киһинэн Петр Егорович буолар. Онтон дьонтон уратыта уһун көбүс көнө уҥуохтааҕа буолар. Оҕолорго тэҥнээһин курдук сыһыаннаһара, убаастабылы ылбыт буолуон сөп, ирдэбиллээх үчүгэйдик уруһуйдуур, айылҕаҕа, араас походтарга илдьэ сылдьара. Уолаттары 6 кл. диэри баттахтарын күлтэччи кырыйаллара, ол сытан бэскилээх кырыйыыны Петр Егорович саҕалаабыта. Наһаа киһи истиэн курдук кэпсиирэ «Щупальца спрута»диэн үспүйүөннээх кинигэни киинэ көрө олорор курдук кэпсээнигэр киирэн умсугуйан истэр этибит. Кинигэни таптыырга, сорудаҕы чуолкайдык толорорго умсугуппута, ииппитэ.

Петр Егорович Спирдонов үөрэтэн-иитэн таһаарбыт оҕолоро бары олоххо суолларын булан, идэлээх үлэһит буолан, ыал аҕалара, ийэлэрэ, эһэлэрэ, эбэлэрэ. Үгүс биллэр дьон таҕыстылар: В.П.Карпов — оҕолорго ССРС чемпиона, Кронников Филипп — орденнаах, Саха сирин промышленноһын үлэһитэ, Тимофеев Федя — Республикаҕа биллэр экономист, Малышев Виктор — налоговай служба үлэһитэ, Ефремов Михаил — бочуоттаах суоппар, Попова Анна — детсад улэһитэ, «Уолу уоллуу, кыыһы кыыстыы иитии»автора, Попова Шура — Кындал, туризм, Федоров Захар — Физическай культура үлэһитэ, Дьячковская Мария — Национальнай библиотекаҕа үлэлиир, Архипов Петя — менеджер этэ.

Түмүктээн эттэххэ, Чурапчы Интэрнээт оскуолата спортивнай да буолуон иннинэттэн саха оҕотугар оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө улахан. 58 сыл тухары төһөлөөх элбэх киһини кытта үлэлээн-хамсаан, сүрэхтэрин сылааһын, үтүөкэн сылларын оҕолорго анаабыттара буолуой ? Бастаан олохтоммут үгэстэр кэлиҥҥи кыайыыларга олук уурбуттара. 1966 с. спортивнай Интэринээт оскуола буолбута.

Мин аҕам төрүттээбит, үлэлээбит Интэрнээт оскуолатыгар баспытааталынан үлэлээн саҕалаабытым уонна 2009 с. баспытааталынан педүлэбин түмүктээн Д.П.Коркин аатынан Спортивнай Албан аат Музейыгар научнай сотруднигынан үлэлии сылдьабын. Биһиги дьиэ кэргэн бары Интернат оскуолаҕа күүһү-уоҕу харыстаабакка, дьон сиэринэн үлэлээбиппит.

Аҕам туйаҕын хатаран Иитээччи, Учуутал үрдүк аатын чиэстээхтик сугэн кэлбиппинэн махтанабын, сүгүрүйэбин, киэн туттабын.

Салгыы ааҕыҥ:

  1. Данилов С. Ууну уоту ортотунан
  2. Павлов И.М. Ааттара үйэлэргэ умнуллубат Дьокуускай: СМИК — Мастер, 2010 с
  3. Павлов И.М. Чурапчы буойуннара
  4. Постников К.С. Чурапчы киэн туттар дьоноро.
  5. Хорсуннар ааттарын ааһар сыллар соппуттар.
  6. Чурапчы буойун уолаттара.

Парад кэмигэр.

Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Геройа Маршал В.И.Чуйкову кытта. 1972 с. «Чуйков уонна кини соратниктара» документальнай киинэҕэ уһуллар Г.Д. Протодьяконовы арыаллаабыта.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *