Сэтинньи — Байанай ыйа
8 — Миитэрэйэп. Идэьэ кэмэ. Муцха уурайар. Дьыл о5уьун биир муоьа уунэр, тымныы кэлэр.
21 — Мэхээлэйэп. Бастакы тымныылар туьэллэр.
СИЭР-ТУОМ
*Саца тылланан эрэр о5о сацатын утугуннэххэ, былдьыры буолуон сеп.
* Баай Байанайы кундулуургэ булт аьынан айах тутар сатаммат.
*Саца саанан бастакы улахан булду бултуйдахха, саа уоьун хаанынан биьэллэр.
ЕС ХОЬООНО
*Уерэ5иц уерэнииц тэцэ.
*Ааллахха онноо5ор тимиртэн арыы тахсар.
*Кетер кынаттаах — кетерге, киьи дьолго ананан айыллыбыт.
ТААБЫРЫН
*Сацарбатар да5аны аан дойду араас сонунун кэпсии олорор баар уьу.
* Биир тиит отут мутуктаах уьу.
*Илиитэ, ата5а суох да буоллар, барыга уерэтэр.
АЛГЫС
БАЛЫКСЫТ АЛГЫЬА
Унаар-тунаар хочолоох
Киэц мичээр эбэккэм
Балыксыт о5онньор
Сарт тымтайын сыыьын
Сахсаччы сугэн туран
Кердеьебун эйигиттэн. Кунду кулум уулаах
Куех далайым иччитэ Дьэбэрэ тэллэх,
Бырыы сыттык, Кеппех суор5ан,
Туона баай Тойон о5оннор ,
То5ус уон чороох туубар
Лоьуор собо барахсаны Толору уган кулу даа!
Сэттэ уон тирээх илиммэр
Тэрэкэнэ быччыыккын Тиьэ баттаан кулу ини!
Киэц мичээр эбэккэм, Ииттэххинэ эн иитиэц!
Куех далай иччитэ,
Аьаттаххына эн аьатыац!
Кердеьебун!!!