Ийэ тыл кунугэр Сахалыы Дьыктаан сурулунна
Олунньу 16 кунугэр Оскуола интэрнээттээ5и сельскэй библиотека сылын аайы ыытыллар Семен Андреевич Новгородов тереебут кунун чэрчитинэн «Тереебут тыл уонна сурук-бичик» кунугэр Сахалыы дьыктааны суруйдулар. Тереебут тылга, сурукка-бичиккэ аналлаах декада чэрчититинэн сахалыы таба суруйуу уеруйэ5ин олохсу тар, ицэрэр сыаллаах «Сахалыы дьыктаан акция» Дьыктааны суруйууну Хотугулуу_Илицци норуоттар тылларын, култуураларын уерэтэр институт Саха тылын кафедрата уонна Национальнай билиотека тэрийиилэринэн 2014 сыллаахтан ыытыллар, быйыл бу Акция тэриллибитэ 10 сыла. Бугун Василий Федоров «Чыычаахсыт» диэн 137 тыллаах тексты суруйдулар. Дьыктааны суруйуу тумугунэн уопсайа 6 киьи кыттыбытыттан «Бастыц суруксут» ааты 25 сыл оскуола5а Саха тылын уонна литературатын учууталынан улэлээбит билигин пенсия5а олорор Окорокова Тамара Михайловна ылла, онтон «Учугэй суруксут» ааты билигин пенсиялаах ытык кырдьа5аспыт Васильева Жанна Иннокентьевна тигистэ.
Туелбэбитигэр «Тереебут тыл, сурук-бичик кунун» чэрчитинэн ыытыллыбыт Республиканскай Сахалыы дьыктаан Акция5а кыттан, сахалыы таба суруйууга холоммут, еруу-мэлдьи олох уеьугэр буоларгытыгар истиц Махталбытын тиэрдэбит.