Муниципальное бюджетное учреждение

Школа-интернатская библиотека ф.№ 18

РС(Якутия), Чурапчинский улус, 678700 с.Чурапча

Олунньу — Одун Хаан ыйа…

Олунньу ый билгэлэрэ

Олунньу ый 1 күнэ Дьыл оройо буолар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бутэр. Кыстыыр от аҥарыттан итэҕэһэ суох хаааллаҕына, дьылы үчүгэйдик тахсыллар. Бу күн хайдаҕый даҕаны, ый бүтүүтэ оннук буолуоҕа. Былыта суох, күннээх буоллаҕына, саас эрдэлиэҕэ. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, биирдэ ытыһын саланар.

Олунньу ый 2 күнэ — ый дьиэлэннэҕинэ — мөлтөх үүнүүлээх сайыҥҥа диэн. Күн ортотук тыгар буоллаҕына, эрдэтээҥҥи саас оттон былыттаах буоллаҕына, хойукка диэри тыалырар диэн билгэлэнэр.

Олунньу ый 10 күнэ — хайах хостуур күнн тыалырдаҕына — сайыммыт ардахтаах буолар.

Олунньу ый 12 күнэ — Иккис Охонооһойоп, манна тымныы оҕуһун бастакы муоһа тостор. Куйуурдааһыны саҕалыахха сөп. Сырдык кэммит 9 чаас уһуур.

Олунньу ый 15 күнэ Бу күн тыалырдаҕына – саас хатааһыннаах буолар.

Олунньу ый 24 кунэ — Үһүс Охонооһойоп, тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор. Сырдык кэммит 10 чаас уһуур.

“Олунньу ый илин эҥэр улуустарга үгүс оройуону кытары урукку сыллары кытары тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, балай эмэ сымнаҕас буолара сабаҕаланар, олунньу ыйга хаарбыт олох суох буолууһу. Ыйбыт бастакы дэкээдэтигэр күнүһүн -30С-34С кыраадыс тымныы, түүнүн -46С-41С буолара күүтүллэр, хаара көстүбэт. Иккис дэкээдэ даҕаны кыра да хаара суох буолууһу, балай эмэ сылыйыыһы, күнүһүн -28-30С, түүнүн -30С -36С кыраадыс буолуоҕа. Үһүс дэкээдэ эмиэ хаара олох суох, лаппа сылыйыыһык. Күнүһүн -20С-23С кыраадыс, түүн -30С -33С кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр”, — диэн Тарас Лукич анаарар.

Сиэр-туом.

●О5ону тилэ5иттэн сыллаатахха, сиртэн ситимэ харгыстанар, сэниэтэ эстэр.
●Бэргэьэ5э киьи-сурэ ицэр диэн аьын киьиэхэ уларсыбаттар.
●Уот иччитэ еьургэнэр, хомойор диэн уоту урдунэн атыллыыры бопсоллор.

          Таабырын.

●Икки саарба атахтаьан сыталлар уьу.(Хаас)
●Сацата суох дьыл хонугун аа5ар баар уьу.(Халандаар)
●Сирэйэ уруц да, санаата эриэн баар уьу.(Сурук)

          Ес хоьооно.

●Дьол улэ5э баар.
●Бугун бутэри сарсыццыга хаьааныма.
●Эйэ5эс киьи угус до5ордоох.

  • Олунньу 13 кунэ — С.А.Новгородов тереебут кунэ (Сурук-бичик кунэ)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *